Роман Михайлович Дмитриев (07.03.1949—11.02.2010) — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ.
1949 сыл кулун тутар 7 күнүгэр Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Көҥүл тустуунан 1963 с. саҕалаан дьарыктаммыта. 1967 с. спорт маастарын, 1969 с. норуоттар ыккардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толорбута. Тренердэрэ — И. П. Габышев, Д. П. Коркин, С. А. Преображенскай.
Роман Дмитриев — Олимпиада чөмпүйүөнэ (1972), Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера (1976), Аан дойду чемпиона (1973), Аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс призера (1969), Европа чемпиона 1969 с, боруонса призера 1981 с. буолуталаабьгга. Кини 11 төгүл ССРС чемпионатыгар кыттыбыта. 1969, 1971, 1973, 1976, 1980 сс. ССРС чемпиона, 1975, 1978, 1979 сс. ССРС чемпионатын үрүҥ көмүс призера, 1977 с. III призер. 1971 с. уонна 1979 с. ССРС норуоттарын Спартакиадатын чемпиона, 1975 с. үрүҥ көмүс призер. Аан дойду турнирдарын сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа (1969—1971, 1975, 1976, 1978, 1979, 1981 сс).
2010 сыл олунньу 11 күнүгэр Москваҕа өлбүтэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Дмитриев Роман Михайлович, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.