Ханнык баҕарар энциклопедияҕа курдук Бикипиэдьийэҕэ урут олоро сылдьыбыт да, билигин да тыыннаах дьон биографиялара баар.
Бу сирэй Бикипиэдьийэ сиэрин-туомун сорҕото. Манна этиллибити бары кыттааччылар толоруохтаахтар. Сирэй уларытыллар буоллаҕына консенсус ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Тугу эмэ саарбахтыыр буоллаххына ырытыы сирэйигэр суруй. |
Бу сирэй сиэри ырытар сиргэ баччаттан 18.08.2009 ырытылла турар. |
Бу дьон тиһиктэрэ улаханнык хааччахтаммат эрээри аан дойду дьоно барыта манна киирэрэ табыллыбат.
| ||
---|---|---|
Сүрүн сиэр-туом | ||
| ||
Суолта критиэрийдэрэ | ||
| ||
Категориялар | ||
| ||
Ырытыы сирэйдэрэ | ||
|
== Олорон ааспыт дьон ==
Өлбүттэрэ быданнаабыт дьон суолталара улахан мөккүөрү таһаарбат, тоҕо диэтэххэ устуоруйа кинилэр суолталарын ырылыччы көрдөрөр. Киһи-аймах сайдыытыгар күттүөннээх уларытыыны киллэрбэтэх дьон кэлин умнулаллар. Маннык дьон суолталарын быһаарарга көмө буолар ыйытыылар:
Бу киһи туһунан интэриниэккэ суоҕа болҕомтоҕо ылыллыа суохтаах: баччааҥҥа дылы ситимҥэ киһи-аймах мунньубут билиитэ толору киирэ илик.
Маны таһынан, аныгы дьон суолталарын ырытар киритиэрийдэри көрөр туһалаах буолар (аныгыскы салааны көр).
Тыыннаах (эбэтэр соторутааҕыта өлбүт) дьон суолталарын быһаарар уустук. Бикипиэдьийэҕэ баар буолалларын суоҕун быһаарарга мантан аллара бэриллибит киритиэрийдэри туһаныҥ.
Бикипиэдьийэҕэ киһи бэйэтин эбэтэр чугас (тутулуктаах) дьонун туһунан (аймахтарын, салайааччыларын, өстөөхтөрүн уо.д.а.) ыстатыйаны суруйара биһирэммэт. Өскө Эн тускунан, эбэтэр чугас киһиҥ туһунан ыстатыйа тахсара дьоҥҥо туһалаах диир буоллаххына — ол киһи аатын Бикипиэдьийэ:Айарга/Дьоннор диэн сиргэ суруй: инньэ гынан Бикипиэдьийэ бары кыттааччыларыгар Бэйэҥ хандьыдааккын туруораҕын.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Дьон суолтатын киритиэрийдэрэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.