Шариат, эбэтэр Шария сокуона диэн Ислам традициятыгар итэҕэл принциптара.
Арааб тылыттан (شريعة) "суол" диэн тылбаастанар.
|
Классическай шариат уопсастыбыннай уонна чааһынай олоҕу ойуулуур, ол курдук итэҕэл ритуалларын, дьиэ кэргэн олоҕун, бизнеһы, буруй оҥорууну уонна сэриини. Урут дьыллартан Кораҥҥа, Хадиска уонна дьүүллэһитигэр олоҕурар. Сорох өттүн сокуон өйдөбүлүнэн ылыныллар онтон сорох өттө Таҥара быраабылатын курдук ылыныллар.
Мусульман дойдулар сокуоннара бэйэлэрэ сокуоннаахтар даҕаны, син биир сорох өттө классическай шариакка олоҕурар. Аныгы олоххо шариат хайдах туттуллуохтааҕын мусульманнар өссө даҕаны мөккүөрдэр уонна дьүүллэһии бүтэ илик.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Шариат, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.