Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 18 — Москубаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга Большой тыйаатыр саҥа дьиэтэ аһыллыбыт.
- Тохсунньу 27 — АХШ Кэнгириэһэ Индеец сирин олохтообут (билиҥҥи Оклаhома штаатын сиригэр). Ол сиргэ АХШ илиҥҥи өттүгэр олохтоох индеецтэри күүс өттүнэн көһөрбүттэрэ. Кинилэр айаннара «харах уутун ыллыга» диэн ааттаммыта. Индеец сирин үрүҥ тириилээх дьон тыытыа суохтаах диэн буолбута, ол эрээри 1890 сыллаахха онно Оклаhома штата тэриллибитэ уонна сири үрүҥ дьоҥҥо үллэрбиттэрэ.
Олунньу
- Олунньу 12 — Крик биис уустара Джорджиятааҕы бүтэһик сирдэрин Индиан-Спрингс сөбүлэҥин түһэрсэн АХШ бырабыыталыстыбатыгар туран биэрбиттэр уонна арҕаа сирдэргэ (билиҥҥи Оклахома штаата) көспүттэр.
- Олунньу 28 — Арассыыйа уонна Улуу Британия Хотугу Америкатааҕы сирдэрин быысаһыытын чопчулуур туһунан конвенция түһэрсибиттэр.
Ахсынньы
- Ахсынньы 26 — Николай І ыраахтааҕы бөрүстүөлгэ олорбут, Петербуурга бирисээгэ биэрии кэмигэр декабристар өрө туруулара буолбут.
- Ахсынньы 27 с. ахсынньы 27 күнүгэр Николай I ыраахтааҕы ыйааҕынан Саха уобалаһыгар Николай Мягков начаалынньыгынан анаммыт. Бу киһи саха тойотторун кытта өйдөһөн үлэлээбитэ, Саха сирин сайдыытыгар элбэх үтүөнү оҥорбута.
- Ахсынньы 31 — Өрө турбут Черниговскай полка саллааттарын иннигэр С. И. Муравьёв-Апостол уонна М. П. Бестужев-Рюмин «Православнай катехизис» диэн ааттаммыт ыраахтааҕыны, крепостной быраабы уонна саллаакка күүһүнэн ылыыны утарар прокламациялара ааҕыллыбыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article 1825, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.