Таллан кэрэ (лат. Lanius excubitor, нууч.
Ареаалын хотугу кирбиитэ 71 параллельга тиийэр. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр ааһан иһэн көстөр.
Аһаҕас сиргэ үүммүт талахтарга уонна тыа саҕатыгар уйаланар. Муус устар саҥатыгар кэлэр, балаҕан ыйын иккис аҥарыгар кыстыыр сирдэригэр көтөр. Көһөрүгэр соҕотоҕун эбэтэр пааранан барар.
Кутуйахтыҥыларынан аһылыктанар. Сайын бөдөҥ үөннэри сиир.
Уйатын мас лабааларыгар туттар. 5-6 маҥанныҥы кытархай эбириэннээх сымыыттаах. Сымыытын улахана 28х20 мм, ыйааһына 4-6 г. Сымыыты тыһыта баттыыр. Оҕолорун иккиэн аһаталлар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Таллан кэрэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.