Сергеев Михаил Семенович — Социалистическай Үлэ Геройа.
1926 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр Саха АССР Өлүөхүмэ улууһун Кээччи с. төрөөбүт.
Кыра сааһыттан, начальнай оскуоланы бүтэрээт, үлэһит буолбут. Колхозка үлэлээбитэ, 17 сааһыгар үлэ фронугар ыҥырыллыбыт. 1944 сыллааххха, Дьокуускайга кэлэн, фабрично-заводской үөрэх оскуолатыгар киирбит.
1944 сыл бэс ыйыттан «Якутстрой» трест тутааччыларын биригээдэтигэр үһүс разрядтаах болуотунньугунан анаммыт.
Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин депутатынан хаста да анана сылдьыбыт, ССКП обкомун уонна горкомун чилиэнинэн талыллан үлэлээбит.
1982 сыллаахха дылы, үйэ аҥарын кэриэтэ, «Якутстрой» тутуу тэрилтэтигэр үлэлээбит.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сергеев Михаил Семенович, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.