Петропавловскай бибилэтиэкэтэ — Уус-Маайа улууһун кырдьаҕас бибилэтикэтэ.
1920 сыллаахха ахсынньы 1 күнүгэр Петропавловскай сэлиэнньэтигэр ааҕар балаҕан аһыллыбыт. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Политпросвет бирикээһинэн Мирушниченко Илья Васильевич анаммыт. Кини саха тылын үөрэппит буолан, сатаан аахпат олохтоохторго кинигэлэри тылбаастаан кэпсиирэ.
Кини кэнниттэн бибилэтиэкэ сайдыытыгар уһулуччу кылааты килллэрбит киһинэн Татарченко Анастасия Николаевна буолар. Кини үлэлиир сылларыгар тэритэ "Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ тыа бибилэтиэкэтэ" диэн ааты сүкпүтэ. Биэнсийэҕэ да тахсан баран Анастасия Николаевна дьиэтигэр кинигэ уларсар пуун арыйан үлэлээбитэ.
2020 сыл туругунан бибилэтиэкэ пуондатыгар 9809 экз. кинигэ харалла сытар. Сылын ахсын 5 тыһыынчаттан тахса ааҕааччы кэлэн барар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Петропавловскай бибилэтиэкэтэ (Уус-Маайа), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.