Палеоген периода.
Геология периода, геохронология шкалатыгар кайнозой кэннитэн бастакы. 66 мөлүйүөн сыл нөҥүө саҕаламмыта, 23,03 мөлүөн сыл нөҥүө бүппүтэ. 42,97 мөлүйүөн сыл салҕаммыта.
Палеоген иккис аҥарыгар сир климата билиҥҥигэ маарыҥныыр буолбута, полюстарга ирбэт муус баар буолбута.
Бу периодка рептилиялар олохтон туораабыттарын кэннэ үүтүнэн иитээччилэр күүскэ сайдыбыттара. Сымыыттааччылар уонна плаценталаахтар киэҥник тарҕаммыттара.
Салгыҥҥа улахан кутуруктаах тииһэ суох көтөрдөр тарҕаналлар. Сүүрэр көтөрдөр үөскээбиттэрэ. Сибэккилиир үүнээйилэр уонна үөннэр-көйүүрдэр эгэлгэлэрэ элбиир.
Байҕалга уҥуохтаах балыктар сайдаллар. Судургу кииттэр үөскүүллэр.
Палеоген үс эпохаҕа бытарыйар:
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Палеоген, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.