Оросин Константин Григорьевич (1853—1903), олоҥхоһут.
Боотур Уус улууһун Бастакы Игидэй нэһилиэгэр 1853 сыллаахха баай ыалга төрөөбүтэ.
Төрөппүттэрэ аатырбыт олоҥхоһуттары ыҥыраллара, ол иһин эдэр сааһыттан ыллыыр-туойар буолбута.
Кэргэннэнэн баран «Наммара» үрэххэ олохсуйбута. Кини дьиэтигэр ырыаһыттар мэлдьи мунньусталлара.
Кини доҕотторунан биллэр дьоннор этилэр: протоиерей Д. Д. Попов, көскө олорооччулар Э. К. Пекарскай, В. М. Ионов, Н. А. Виташевскай, В. Ф. Трощанскай.
Ити дьоннор сабыдыалларынан үөрэхтэммит, фольклору хомуйааччы буолбут.
Э. К. Пекарскай бэлэхтээбит тэтэрээтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбута.
[[Билэ:|48px|Ырыа]] | Бу саха ырыатыгар уонна ырыаһыттарыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Оросин Константин Григорьевич, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.