Ономатопея - Тыаһы үтүктэр туохтуур тулалыыр эйгэҕэ тахсар дорҕоонунан бэриллэр көстүүнү бэлиэтиир.
Оннугунан араас тыас-уус, саҥа-иҥэ буолаллар: тыҥкынаа, дар гын, сыыгынаа, бабыгыраа, ньаах диэ. Көстөрүн курдук, бу бөлөххө киирэр туохтуурдар ис хоһооннорунан икки араастаахтар: дьиҥ тыаһы үтүктэр туохтуурдар уонна саҥаны үтүктэр туохтуурдар. Балар уратылаһар тас бэлиэлэрэ ГЫН уонна ДИЭ диэн көмө туохтуурдар буолаллар: ГЫН дьиҥ тыаһы үтүктэр тыллары кытта, оттон ДИЭ саҥаны үтүктэр тыллардыын ситимнэһэннэр, араас сыһыарыыны сэргэ тус-туспа бөлөххө киирэр туохтуурдары үөскэтэллэр (лос гын, тыс гын, чыып диэ, аам диэ).
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ономатопея, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.