Майаҕас (лат. Coregonus lavaretus, нууч.
Өссө чуллуку уонна суокур диэн ааттыллар эбит. Саха сиригэр баар майаҕаһы сиг-пыжьян диэн ааттаан көрүҥ үөдүҥүн (подвид) курдук көрөллөр (лат. Coregonus lavaretus pidschian (Gmelin, 1788)). Төбөтө кыра, айаҕа кыра. Тииһэ суох. Хас да тус туһунан формалаах, Саха сиригэр илиҥҥи сибиирдээҕи майаҕас, муус-ньуурдааҕы (ледовито равнинный) майаҕас уонна өлөөн майаҕаһа диэнннэргэ араараллар. Ону таһынан чорбоҕору уонна быраҥааттаны кытта буккаастара көстөллөр.
Көхсө хараҥ от күөҕэ, ойоҕосторо уонна өрөҕөтө кылбачыгас маҕан буолар.
Саха сиригэр 50 см уонна 2 киилэҕэ диэри улаатар. Улахан балыктар Хрома өрүскэ уонна Бүлүүтээҕи ууну харайар сиргэ көстөллөр.
Балыгы муҥханан, илиминэн, күрүчүөккэ туталлар. 1943 с.- 208 т, 1945 с. - 117 т, 1970 - 619 т, 1980 с. - 414 т, 1990 - 370 т., 2000 с. - 240 т. Майаҕаһы бултааһыны элбэтиэххэ сөп дииллэр. Бүлүүтээҕи балык иитэр собуот 1971 сылтан саҕалаан Бүлүү уу харайар сиригэр 25 мөл искэҕи ууга бырахпыта биллэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Майаҕас (балык), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.