Илин Эҥэр (Саха латыын алпабыыта: İlin Eñer), Саха Сирин биир улахан региона, бүтүннүүтэ 5 улуус киирэр: Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Таатта, Уус Алдан улуустара.
Илин Эҥэр олохтоохторун ахсаана 120 тыыһынча курдук (Саха омугуттан 34%), олортон сахалара - 114 тыыһынча. Илин Эҥэр олохтоохторун «Илин Эҥээрдэр» дииллэр.
Илин Эҥэр экономикатынан улахан сайдыыта суох регион, 85% тыа хаһаайыстыбата буолар. Дьон орто хамнаһа 8 тыыһынча солкуобайга тэҥнэспит, ол иһин бу регион Ил Түмэн дьокутааттарыгар улахан кутталы суоһатар, Илин Эҥэр оппозиционнай регион буолар. Ону таһынан Илин Эҥэр улахан депопуляция сирэ буолар, Дьокуускай куорат сахаларыттан 40% Илин Эҥээрдэр буолаллар.
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Илин Эҥэр, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.