Дьөһөгөй Айыы — сылгы таҥарата.
Кини үһүс халлааҥҥа олорор. Киһиэхэ үлэһит, хаһаайын буолууну биэрэр.
Дьөһөгөй Айыы киһиэхэ күүһү, үлэлиир дьоҕуру, хаһаайын буолууну биэрэр. Хаһаайын диэн бэйэ бас билэр күрүөлэниитэ-хаһааланыыта, дьиэлэниитэ-уоттаныыта, сүөһүлэнии, сылгыланыы.
Дьөһөгөй бэрдэриилээх киһи сылгыһыт, отчут-масчыт, тутааччы буолар.
Дьөһөгөйтөн Айыы ыйыгар төрөөбүт дьон биһиктэрэ таҥха онус оронугар олорор. Кинилэр аһаҕас майгылаахтар, алгыстаах тыллаахтар уонна хаһаайыстыбаны тэринэр дьодурдаахтар. Кинилэри Дьөһөгөй таҥаралаах дьон диэн ааттыыллар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Дьөһөгөй Айыы, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.