Гагра (Абхааз тылынан уонна нууччалыы нууч.
Уопсай устата 5 км, Хара Муора кытыытагар уонна Хапхаас хайаларын анныгар сытар. Уруккуттан курорт быһыытынан биллэр.
Гагра გაგრაХалыып:Ge icon ГаграХалыып:Ab icon | |||
— Town — | |||
Old Gagra | |||
| |||
Гагра Абхазия хаартатыгар | |||
Гагра Грузия хаартатыгар | |||
Координаталара: 43°20′ с. ш. 40°13′ в. д. / 43.333° с. ш. 40.217° в. д. (G) (O) | |||
---|---|---|---|
Country | Абхазия, Грузия | ||
Оройуон | Гагра оройуона | ||
Cалалтата | |||
- Мэр | Беслан Барцис Халыып:Small |
Гагра оройуонун киинэ. Абхазия арҕаа өттүгэр сытар, Россия Краснодарскай кыраайын кытта кыраныыссалаах, ол кыраныысса Псоу өрүһүнэн барар.
Гагра бастаан гириэк колониятын быһыытынан олохтоммута. Колхида хороллук бириэмэтигэр Триглиф диэн ааттах этэ.
Рим Империятын бириэмэтигэр аата Нитика диэн биллэр буолбута. Олус табыгастаах миэстэлээх буолан араас-араас норуоттар саба түһэллэрэ.Византия империятын бириэмэтигэр Колхида сирин барытын былаас ылбыттара, Венецияттан уонна Генуяттан кэлбит атыыһыттар манна атыыны сайдыбыттара. Гагра диэн аатын бастаан 1308 сыллаахха ылбыта.
XVI үйэҕэ Грузия чааһа этэ. Осмаан империята саба түспүтэ. Куорат урусхалламмытын кэннэ дьон куоппута. 1878 сыллаахха Арассыыйа Осмаан империятын хоппутун кэннэ куораты саҥаттан туппута.
1919 сыллаахха Ленин Гаграҕа "үлэһиттэр курортарын олохтообута". Онденбург туппут курортарын национализациялаабыта. Ол кэнниттэн Гагра уоппускаҕа барар дьоҥҥо олус киэҥник биллэр буолбута. Аан дойду Иккис сэриитин кэнниттэн сэриигэ эчийбит саллааттары доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэ аҕалаллара. Сэрии кэнниттэн элбэх ил санаторийдар тутуллубуттара. Курорт түргэнник улаатан "Сэбиэскэй Ривьера" диэн ааттанар буолбута.
1992 сыллаахха грузин уонна абхаас норуоттар бэйэ бэйэлэрин утары сэрии тэрийбиттэрэ. 1993 сылллаахха сэрии бүппүтэ, уончанан тыыһынча грузиннар дьиэлэрин хаалларан Грузияҕа көспүттэрэ. Гагра уонна Абхазия киин курата Сухуми сэрии түмүгэр олус күүскэ урусхаламмыттара.
Халыып:Administrative divisions of Abkhazia Халыып:Cities and towns in Georgia (country)
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Гагра, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.