Валерий Меладзе (дьиҥнээх аата — Вале́риан Шота́евич Мела́дзе; 23 бэс ыйа 1965(19650623), Батуми, Аджарскай АССР, Грузинскай ССР, ССРС) — Арассыыйа поп-ырыаһыта, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх артыыһа (2006), Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа (2008).
Валерий Шотаевич Меладзе бэс ыйын 23 күнүгэр 1965 сыллааха, Батуми куоракка (Грузинскай ССР) инженердар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Муусука оскуолатыгар фортепиано кылааһыгар үөрэммитэ.
1983—1987 сылларга Николаевскай хараабыл тутар институтугар үөрэммит.
1989 сыллаахха бииргэ төрөөбүт убайынаан «Диалог» диэн группаҕа 1993 сылга диэри ыллаабыттара.1993 сыллаахха Киевка «Роксолана» диэн фестивальга маҥнайгы сольнай дебюта буолбута. Онтон ыла Россия шоу бизнеһыгар биллибитэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Валерий Меладзе, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.