Арассыыйа географтарын түмсүүтэ (Русское географическое общество), Арассыыйаҕа бастакынан үөскээбит уопсастыбаннай тэрилтэ буолар.
Тэрилтэ 1956 сылтан ыла IGU салаата уонна кыттааччыта. Бу тэрилтэ тэрийиитинэн уонна көмөтүнэн араас экспедициялар буолбуттара. Билигин Арктиканы күүскэ үөрэтии бара турар.
Штаб-квартира - Москуба. Түмсүү бэрэстээтэлэ 2009 сыллаахтан Шойгу Сергей Кужугетович.
1845 сыллаахха атырдьах ыйын 6 (18) күнүгэр Николай I ыраахтааҕы ыйааҕынан Санкт-Петербуурга Нуучча Географтарын Түмсүүтүн тэрийэр туһунан Ис дьыала миниистирин Перовскай көрдөһүүтэ бигэргэтиллибитэ. Бу санааны адмирал, кэлин Билим Академиятын салайааччыта буолбут, Литке Федор Петрович иитийэхтээн олоххо киллэттэрбитэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Арассыыйа географтарын түмсүүтэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.