Америка чырыта (лат. Phalaropus tricolor, нууч.
Чырыттартан саамай бөдөҥнөрө, онон нууччалыы биир аата бөдөҥ чырыт.
Атыыра чоҕулҕан чырыкка маарынныыр гынан баран сырдык. Хараҕынан уонна моонньунан хараҥа сурааһын ааһар. Тарбаҕар кыра сарыылардаах. Тыһытын кэхсө арыый хараҥа, хараҕын үрдүнээҕи үрүҥ дьураата ордук көстөр.
Кынатын уһуна — 130—150 мм, Этин-сиинин ыйааһына — 60-90 г.
Канаада арҕаа өттүгэр уйаланар. Саха сиригэр Халыма-Алаһыай туундаратыгар 1957 сыллаахха көрбүттэрэ биллэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Америка чырыта, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.