Арассыыйа сэриитин Сирияҕа киллэриитэ, ол эбэтэр Арассыыйа Балаҕан ыйын 30 күнүгэр 2015 сыллаахха Сир ийэ (Сирия) Республикатыгар сэриитин сэбин киллэриитэ уонна байыаннай операцияҕа кыттыыта.
Ол эбэтэр, Сирияҕа гражданскай сэрии 2011 сылтан ыла уонна Арабскай револүциялар бара турар конфликка официально киирдэ.
2011 сыллаахха Сирия республикатыгар гражданскай сэрии тахсар, демократтар (Көҥүл Сирия Аармыйата, ол эбэтэр повстанецтар) уонна Башар Асад режимын өрө тутааччылар икки ардыларыгар. Үһүс күүс конфликка Курдистан конфлига буолар, сэриини туһанан өрө туруулара. Ону таһынан төрдүс күүс буолар Ислам дойдута Ирак уонна Ливан (ИИЛ) диэн Аан Дойдуга биллэр террористическай организация, бэһис күүс буолар Аль Каида террористическай организацията.
2012 сылтан ыла ити биэс тус туһунан конфликтыыр өттүлэргэ Саудовскай Аравия, Турция, Катар буоланнар Сирия көҥүл аармыйатын-повстанецтары финансируйдаар күүһүрдэллэр.
2013 сылтан ыла повстанецтары финансированияҕа АХШ, Канаада, Германия, Франция уонна Дьоппуон кыттар. Башар Асад режима мөлтүүр.
2014 сылтан ыла Ирак, Иран Башар Асад режимыгар көмө буолаллар.
2015 сылтан ыла Арассыыйа Башар Асадка көмө буолар. Таарыччы ИИЛ террористарын суох оҥортуур.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Арассыыйа сэриитин Сирияҕа киллэриитэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.