Эбээннэр (урукку ааттара илиҥҥи тоҥустар, ламууттар) — Арассыыйа хотугулуу илин өттүгэр тарҕанан олорор эбэҥкилэргэ чугас омуктар.
Эбээн диэн тыл икки суолталаах буолуон сөп, бастакыта хайаттан түһээччи, иккиһэ - маннааҕы, олохтоох киһи диэн. Ольскай түөлбэ уонна Камчааткаҕа баар Быстринскай оройуон эбээннэр бэйэлэрин орочел дииллэр — табалаах, табаһыт (орон — таба). Ольскай оройуон икки сэлиэнньэтигэр (Армань уонна Ола) олохтоох эбээннэр бэйэлэрин мэнэ, мэнэл дииллэр, ол аата биир сиргэ олорооччу диэн. Аллараа Халыма эбээннэрэ бэйэлэрин иилкан дииллэр — дьиҥнээх, оттон эвын диэн кинилэр хайаҕа уонна тайҕаҕа олорор эбээннэри ааттыыллар.
Этнолингвистическэй классификацияннан эбээннэр тыллара тоҥус-мондьуур бөлөх хотугу тоҥус салаатыгар киирэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы 2002 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 11 657 эбээн олорор эбит, Магадаан уобалаһыгар — 2527, Камчааткаҕа — 1779, Чукотскай автономиялаах уокурукка — 1407, Хабаровскай кыраайга — 1272, Кэрээк автономиялаах уокуругар — 751.
Саха Сиригэр эбээннэр бу улуустарга түөлбэлээн олороллор — Эбээн-Бытантай, Уус-Дьааҥы, Муома, Кэбээйи, Томпо, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Алайыаха, Өймөкөөн, Абый; Магадаан уобалаһыгар маннык оройуоннарга — Ольскай, Хотугу-Эбээн, Орто-Канскай; Хабаровскай кыраайга маннык оройоуннарга — Охуоскай, Үөһээ-Бурея; Камчаатка Быстринскай оройоунугар.
Бу Аан дойду омуктарын туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Эбээннэр, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.