Чиряев Валерий Георгиевич (19.12.1911—01.02.1989) — саха поэта, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944).
Чиряев Валерий Георгиевич | |
---|---|
Чиряев Валерий Георгиевич | |
Төрөөбүтэ | Ахсынньы 19 1911 |
Өлбүтэ | 1 Олунньу 1989 (сааhыгар 77) |
1911 сылллаахха ахсынньы 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Хоро нэһилиэгэр Тыымпы алааска төрөөбүтэ. Аҕата Георгий Николаевич Чиряев сэниэ ыал этэ, барыта биэс оҕолооҕо.
В. Чиряев Дьокуускайдааҕы учуутал институтун Тыл уонна литература факультетын бүтэрбитэ, «Кыһыл ыллык» диэн сурунаал эрэдээксийэтигэр 8 сыл устата үлэлээбитэ. Нам, Уус Алдан, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар отуттан тахса сыл учууталлаабыта.
Бастакы «Самыыр» диэн хоһооно 1927 с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитэ. 1930 с. «Саһыл Сыһыы» диэн пьесата тахсыбыта.
Хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Колхозтаах хоhооно» 1932 с. тахсыбыта. Сорох хоһоонноро ырыа буолбуттара.
В. Чиряев С. Михалков «Особое задание», Б. Лавренев «Разлом» пьесаларын, К. Симонов «Сын артиллериста» поэматын, А. Пушкин остуоруйаларын, С. Есенин, А. Блок хоһооннорун уонна поэмаларын тылбаастаабыта.
Якутский государственный литературный Музей имени П. А. Ойунского:Чиряев Валерий Георгиевич
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Чиряев Валерий Георгиевич, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.