Таптал сүүрбэ мүнүүтэтэ (ааҥл. Twenty Minutes of Love) диэн Keystone Studios кылгас саҥата суох киинэтэ. Режиссердара Чарли Чаплин уонна Джозеф Мэддерн. Чарли Чаплин режиссер быһыытынан бастакы үлэтэ. Премьерата 1914 сыл муус устар 20 күнэ.
Таптал сүүрбэ мүнүүтэтэ | |
---|---|
Twenty Minutes of Love | |
Жанр | комедия |
Режиссёр | Чарли Чаплин |
Продюсер | Мак Сеннет |
Сценарий ааптара | Чарли Чаплин |
Сүрүн оруолларга | Чарли Чаплин Минта Дөрфи Эдгар Кеннеди |
Оператор | Фрэнк Д. Уиллиамс |
Кинокомпания | Keystone Studios |
Уһуна | 10 мүнүүтэ |
Дойду | АХШ |
Тыла | аангыл (титрдар) |
Сыла | 1914 |
IMDb | ID 0004736 |
Кэридэхчээн (Сиэпчит) пааркаҕа сылдьан онно-манна таптаһааччылары көрөр. Ымсыыран кыргыттары былдьаһа сатыыр. Биир кыыска бэрт буолаары кини уолуттан чаһытын уоран ылан кыыска бэлэхтиир. Чаһыны бу иннинэ ол уол биир ыскамыайкаҕа утуйа олорор джентльментан уорар. Чаһыны былдьаһан уоруйахтар охсуһаллар. Кэридэхчээн куотар уонна билбэккэ чаһылаах джентльмеҥҥа уоруллубут чаһытын атыылыы сатыыр. Кини чаһытын билэн полицияны ыҥырар. Сүүрүү-көтүү бөҕөтө буолар. Бары бэйэ бэйэлэрин кытта охсуһаннар күөлгэ охтоллор. Кэридэхчээн эрэ охтубакка кыыһын илдьэ барар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Таптал сүүрбэ мүнүүтэтэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.