Сэһэн Боло, Дмитрий Иванович Дьячковскай (08.11.1905—15.07.1948) — саха биллиилээх фольклору хомуйааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ.
1905 с. сэтинньи 8 күнүгэр Боотур уус улууһун I Болугур нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ.
1925 с. бэйэтин баҕатынан үһүйээннэри хомуйуутун саҕалыыр. Фольклор матырыйаалларын научнай методиканан суруйууну баһылааһыҥҥа элбэх сыратын биэрэр, ол быыһыгар саха омугун устуоруйатыгар уонна этнографиятыгар сыһыаннаах литератуураны 1931-34 сылларга дириҥник үөрэтэр. 1934—1937 сылларга Саха АССР кыраайы үөрэтиигэ Бюротун инспиэктэринэн үлэлиир. 1937—1946 сс. Тыл уонна культура институтун научнай үлэһитэ. 1938 с. А. А. Саввинныын Бүлүү оройуоннарыгар экспедиция тэрийэн баай матырыйаалы хомуйар, 1939—1941 сс. хотугу улуустарга фольклор уонна түөлбэ тыл хабааннаах үлэни ыытар.
1942 с. сэрии үгэннээн турар кэмигэр А. П. Окладников тэрийбит археология эспэдииссийэтигэр фольклорист быһыытынан кыттан, Өлүөнэ өрүс аллараа салааларыгар чинчийэр үлэни ыытар.
Сүүрбэттэн ордук сыл иһигэр Сэһэн Боло уопсайа 300-тэн тахса киһиттэн сыралаһан, алта сүүс норуот үһүйээннэрин суруйан ылар, сүүс төрүччүнү оҥорор.
Тыыннааҕар «Лиэнэҕэ сахалар нуучча кэлиэн иннинээҕи олохторо» диэн биир кинигэни таһаартарбыта. Кэлин 63 үһүйээнэ 1980 с. тахсыбыт «Исторические предания и рассказы якутов» хомуурунньукка тахсыбыта.
1948 с. от ыйын 15 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сэһэн Боло, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.