Оросин Роман Иванович (1892—1922) — саха уопсастыбаннай диэйэтэлэ, суруксут.
Таатта Игидэйин баайа Ньукулай Оруоһун сиэнэ.
Улууһугар суруксуттаабыт. Эдэр сааһыттан нэһилиэгэр, улууһугар, куоракка көхтөөхтүк кыттар. Алампа «таатталарга барыбытыгар баһылык киһи» диэбиттээх.
1912 сыллаахха сахалар сийиэстэригэр учуутал сэминээрийэтин аһарга этии киллэрбитэ. Икки сылынан сэминээрийэ аһыллыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ учуутал техникумугар кубулуйбута.
Быраата Бүөтүр Оруоһуннуун бассабыыктар былаастарын утара сылдьыбыттара. «Оросин саагыбара» диэн ааттаах өрөбөлүүссүйэни утарар, Япония диэки тардыһыылаах тэрилтэ аһылынна диэн ааттаан элбэх киһи сууттаммыта биллэр. «Саха аймах» уопсастыбаны ыспыттара. Арамаан Оруоһун ол суут кэнниттэн көскө ыытыллыбыта. Икки сыл буолан баран амнистияланан дойдутугар төннөөрү сылдьан Томскай куоракка ис тиибинэн ыалдьан өлбүтэ.
Ол туһунан «Автономная Якутия» хаһыакка маннык биллэрии тахсыбыта (19.08.1922): «Сибирские газеты принесли известие о смерти в Томске от осложнений сыпного тифа бывшего работника народного образования и кооперации Р. И. Оросина».
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Оросин Роман Иванович, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.