Фатих Султан Мехмет күргэтэ (туур.
Истанбул Европа уонна Азия өттүлэрин ситимниир .
Күргэ уһуна — сүрүн устата 1510 метр, уу үрдүгэр уһуна — 1090 м, күргэ кэтитэ — 39 м, ууга турар тирэхтэрин үрдүгэ — 165 м буолар. Суолтан уу ньууругар диэри — 64 метр.
Күргэ тутуута 1985 сыллаахха саҕаламмыта уонна 1988 сыллаахха түмүктэммитэ. Күргэ ыам ыйын 29 күнүгэр 1988 сыллаахха, Константинополу ылыы 535 сылыгар арыллыбыта Мехмед Фатих Султан (Кыайыыны Ситиһээччи) аата иҥэриллибитэ. Күргэни Дьоппуон тутааччылара (ол иһигэр IHI Corporation уонна Mitsubishi Heavy Industries компаниялар), Италия Salini Impregilo уонна Түүркүйэ STFA Group кыттыбыттара. Күргэ тутуутугар 130 мөл АХШ доллара бараммыта.
Күн аайы күргэнэн 150 тыһ. тахса таһаҕаһы тиэйэр транспорт, 500 тыһ. пассажирдар айанныыллар. Күргэнэн айан төлөбүрдээх. Күргэҕэ сатыы сылдьар бобуллубута, тоҕо диэн дьон бэйэлэригэр тиийинии тарҕаммыта.
Күргэ Эдирнэ уонна Анкара хотолору холбуур. Күргэ устун E80 уонна AH1 иллэрдээҕи суоллар бараллар. Көлө сырыылаах күргэ түөртүү элээннээх уонна хас биирдии хайысхаҕа эбии биир суһал элээннээх. Сарсыарда эрдэ айанныыллар хото таһынааҕы транспорт сырыыта сүрүннээн арҕаа Европа диэки барар, онон аҕыс элээнтэн биэс элээнэ арҕаа уонна үс эрэ - илин диэки бараллар. Төттөрүтүн, киэһэ биэс элээн илин хайысхаҕа уонна үс элээнэн арҕаа хайысхаҕа хамсааһын тахсар. Сатыы дьон күргэнэн туһанара көҥүллэммэт. Билигин икки хайысхаҕа күн аайы 150 000-чэ массыына сылдьар.; 70% кэриҥэ - массыыналар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Фатих Султан Мехмет күргэтэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.