Сир эһэтэ (лат. Talpa altaica, нууч.
Харахтара кырачааннар, илин атахтарын баппаҕайа кэтит, ытыстара таска хайыһа сылдьаллар, бөҕө тыҥырахтаах тарбахтардаах.
Саха сиригэр Өлүөнэ-Бүлүү ыккарды арҕаа өттүгэр эрэ олохсуйар. 1938 с. Саха сиригэр 8 тыһыынча баар диэн сыаналаммыт эбит, кэлин чинчийии суох. Кыһын утуйбат. Буорга 2-3 см дириҥҥэ элбэх хорооннору хаһар, уонна онно түспүт үөннэринэн аһылыктанар. Сир эһэтэ атын кроттар курдук кротовина (буор мунньуллуута) оҥорбот эбит. Уйатын балтараа миэтэрэ дириҥнэ хастар. Сыты үчүгэйдик билэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сир эһэтэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.