Охлопков Петр Аммосович - Наара Суох (1858–1942) — Саха Сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһут, сэһэнньит.
Суотту нэһилиэгиттэн төрүттээх. 1858 сыллаахха төрөөбүт.
Эдэригэр Бодойбонон, Булуҥунан, Дьааҥынан, Дьокуускайынан тэлэһийэн сылдьыбыт. Уонтан тахса олоҥхолоох. “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхото 1906 с. Дьокуускайга бирикээсчиктэр кулууптарыгар испэктээх быһыытынан оонньоммут. Ааптар ити туруорууга артыыс быһыытынан кыттыыны ылбыта. Норуокка кини туһунан киэҥник тарҕаммыт кэпсээннэргэ олоҕуран Кындыл Уйбаан “Наара Суох” кэмиэдьийэни суруйбута.
1942 сыллаахха өлбүт.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Бу саха культуратыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Наара Суох, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.