Христофор Колумб (лат. Christophorus Columbus, ит.
Cristoforo Colombo, исп. Cristóbal Colón; 1451 сыл күһүнэ Генуя (барыллартан бииринэн) — 20 ыам ыйа 1506, Вальядолид, Испания) — испаан муора устааччыта уонна саҥа сирдэри арыйааччыта. Американы арыйбытынан ордук биллэр (1492).
Колумб биллэр айанньыттартан бастакынан Атлантиканы хотугу эҥэлэй (полушарие) субтропик уонна тропик балаһатынан быһа охсубута уонна европалартан бастакыннан Карииб муоратыгар сылдьыбыта. Соҕуруу Американы арыйыыны саҕалаабыта, Киин Америка перешеектарын арыйбыта. Улахан Антил арыыларын барытын арыйбыта — Багаам арыыларын киин өттүн, Кыра Антил арыыларын (Доминикаттан Виргиин арыыларыгар дылы), уонна Кариб муоратын хас да кыра арыыларын, Соҕуруу Америка таһыгар Тринидад арыыны арыйбыта.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Колумб Христофор, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.