Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба (кылгатыллыбыта ДНА) диэн тыынар тыыннаах генетикалаах куодун тутар молекулата.
ДНА харамайдарга, үүнээйилэргэ, бактерияларга дылы баар.
ДНА эт хас сааныктарыгар барыларыгар баар, сүнньүнэн ол үрүҥэстэргэ сытар, уонна төрөтүллүбүт оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэр. Ол иһин оҕо төрөппүттэригэр маарынныыр буолар, ол курдук тириитэ, хараҕын, баттаҕын өҥө уонна да атын уратылара.
Эт ДНАтын чааһыгар сороҕо информацияны сүкпэт. Сорох ДНА чаастара туохха туттулларын туһунан чинчийии өссө да бара турар. Ол курдук, киһи 98% информацияны биллэрэрэ суох буолар.
Вирустар эккэ сысталларыгар ДНА уонна РНА информацияларын тутталлар.
ДНА икки спиральга майгынныыр туруктаах, уонна хас туруута нуклеодит диэн ааттанар.
ДНА-ны бастаан сааныктан Швейцарияҕа 1869 сыллаахха таһаарбыттара, Фредерих Мишер бактерияны үөрэтэ сылдьан саанык ортотугар баары булбут, уонна нуклеин диэн ааттаабыт.
1928 сыллаахха Фредерик Гриффит пневмоккок араастарын үөрэтэ сылдьан сорох чааһа атын пневмоккокка холбоспут. Ол система генетикалаах информацияны ДНА тутар диэн бастакы чуолкайа биллибит.
1943 сыллаахха Эйвери-МакЛед-МакКарти эксперимена ДНАны пневмоккок сааныга хайдах улаатарын быһаарбыт.
1952 сыллаахха Алфред Херши уонна Марта Чэйз ДНА удьуордааһыныныгар оруола бигэргэппит.
1950-с сыллаардаахха Эрвин Шаргафф тимин ахсаана урукку аденин ахсааныгар тэҥнэһэрин булбут, ону тэҥэ атын нуклеидтар - гуанин уонна цитозин ахсаана эмиэ тэҥ буоларын булбут.
Бу айылҕаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.