Бикипиэдьийэ (ааҥл. Wikipedia) — көҥүл туһаныллар, элбэх тылынан тахсар аһаҕас, универсальнай интэриниэт-энциклопедия, кини биики бириинсибигэр олоҕуран үлэлиир.
Бикипиэдьийэ үлэтин АХШ-ка бэлиэтэммит кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ - «Бикимиэдьийэ Пуондата» - хааччыйар. Бикимиэдьийэ диэн аан дойду хамсааһына баар, онно Бикимиэдьийэ Пуондата, уонна кини өйүүр бырайыактара (Бикипиэдьийэттэн ураты Биики Хааһах, Бикитиэкэ, Биики Домох уо.д.а.) киирсэллэр, ону таһынан ол хамсааһыҥҥа бэйэлэрин баҕаларынан ити бырайыактары сайыннарар дьон киирэллэр. Бикимиэдьийэ бырайыактарыттан бастыҥнара Бикипиэдьийэ буолар, кини сахалыы салаата — бу элбэх тыллаах бырайыак сорҕото, соруга - Сир туох баар тылларынан толору энциклопедияны суруйуу. Аата икки ааҥыл тылыттан тахсар wiki («биики», саайт үлэтин хааччыйар ньыматык; ааҥыл тылыгар гаваай тылыттан киирбит, онно «түргэн» диэн суолталаах) уонна encyclopedia («энциклопедия»).
Халыып:Түмсүү
Халыып:Бикипиэдьийэ сиэрэ
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Бу туһунан, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.