Туох буолбута
Кулун тутар
- Кулун тутар 26 — Уус-Тааттаҕа чаччыынанан олорбут Гаврил Неустроев (Чордо Хабырылла) туруорсуутунан Алдан нэһилиэгэ үөскээбит. Саха уобалаһын быраабатын уопсай присутствиетын 256 нүөмэрдээх уурааҕар маннык суруллубут: «Байаҕантай улууһун I Байаҕантай нэһилиэгин Алданскай аҕатын ууһунааҕы инородецтары 26 үлэһит киһини кытары 55 ревискэй дууһа састааптаах «Алданскай» диэн ааттаах туспа нэһилиэккэ 1914 сыл от ыйын 1 күнүттэн араарарга.»
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 28 — серб Гаврило Принцип Австрияҕа ыраахтааҕы буолуохтаах эрцгерцог Франц Фердинанды өлөрбүт, бу Бастакы Аан дойду сэриитин саҕалыырга төрүөт буолбут
От ыйа
- От ыйын 8 — Уокурук суутун таас дьиэтин тутуута саҕаламмыта. Билигин бу дьиэҕэ Саха сирин Наукаларын Академията баар.
Атырдьах ыйа
Балаҕан ыйа
Сэтинньи
- Сэтинньи 2 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Арассыыйа Импиэрийэтэ Осмаан Импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит. Биллэрин курдук бу икки импиэрийэ аҕыйах сылынан суох буолбутттара.
- Ахсынньы 8 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Британия флотун эскадрата Германия импиэрийэтин эскадратын Илин Азияҕа Фолкленд арыыларын иһин кыргыһыыга урусхаллаабыт.
- Ахсынньы 24 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Ороһооспотооҕу эйэлэһии саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр
- Кулун тутар 2 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Григорий Поскачин — учуутал, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, бэйиэт, литэрэтиирэ кириитигэ. 1938 с. буржуазнай национализмҥа буруйданан хаайыга сыппыта, 1940 с. реабилитацияламмыта. 1943 с. өлбүтэ.
- Муус устар 8 — Кулаковскай Реас Алексеевич (08.04.1914—31.05.1993) — поэт, суруйааччы,
- Бэс ыйын 14 — Сапожников Владимир Васильевич (14.06.1914—23.03.1982) — Сэбиэскэй Сойуус Геройа, летчик.
- От ыйын 31 — Чаҕылҕан - Винокуров Илья Дорофеевич — оҕолорго анаан суруйбут саха поэта, суруйааччыта, тылбаасчыта.
- Балаҕан ыйын 6 — Федоров Дмитрий Самсонович - Миитэрэй Таас (1914 - 1951) — поэт, прозаик.
- Балаҕан ыйын 13 — Кершенгольц Моисей Израилевич — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала (1914—1997).
- Алтынньы 17 — Ильин Дмитрий Иванович — саха биллиилээх муосчута.
- Алтынньы 25 — Овчинникова Александра Яковлевна, 1963 — 1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Сэтинньи 28 — Марк Дмитриевич Слепцов (28.11.1914—16.06.1989) — Саха АССР норуодунай артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа.
- Лукин Тимофей Спиридонович (11.12.1914—15.04.1980) — биллиилээх сылгыһыт, Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ахсынньы 25 — Александра Овчинникова — Ньурба Тыалыкытыттан төрүттээх түмэт, бэлиитикэ дьайыксыта, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article 1914 сыл, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.