Эбола вирустаах ыарыыта, Эбола геморрогическай лихорадката эбэтэр судургутук Эбола диэн дьоҥҥо уонна атын үүтүнэн иитээччилэр ыккардыларыгар тарҕанар ыарыы.
Эбола вируһа ол ыарыыны ыҥырар. Сибикилэрэ - титирээһин, күөмэй ыарыыта, уҥуох анньыыта уонна төбө ыарыыта икки күнтэн үс нэдиэлэнэн тахсыан сөп. Ол кэнниттэн киһи хотуолуур, сыптарар, онтон быара уонна бүөрэ аккаастыыр. Ол бириэмэҕэ дьон иһигэр уонна таһыгар хаана тахсар буолар. Киһи өлүүтэ сүнньүнэн 6-ттан 16-ыс күнүгэр дылы буолар хаан тиийбэтиттэн буолар.
Эбола вирустаах ыарыыта | ||
---|---|---|
1976 сыллаахха түһэриллибит хаартыска. Заирга Эбола вирустаах ыарыһах аттыгар икки сиэстирэ тураллар.hemorrhaging. | ||
МКБ-10 | A98.4 | |
МКБ-9 | 065.8 | |
DiseasesDB | 18043 | |
MedlinePlus | 001339 | |
eMedicine | med/626 | |
MeSH | D019142 |
Билигин Эбола утары эмтээһин суох, ол гынан баран ыарыйдахтарына быраастар уонна сиэстирэлэр түргэнник көмөлөстөхтөрүнэ тыыннаах хаалыахтарын сөп. Ыарыһах олус элбэх убаҕаһы иһиэхтэрин наада, тоҕо диэн сыптаралларыттан, хотуоттан уонна хааны сүтэрэллэриттэн олус элбэх ууну сүтэрллэр. Ол иһин регидрация ыытыллар - кыратык саахар уонна туус суураллыбыт уу бэриллэр. Эттэн сүппүт ууну оннук солбуйар курдук. Ону тэҥэ хаан баттааһынын көннөрөр эмтэри биэрэллэр.
Эбола утары вакцина билигин суох, ол гынан баран учуонайдар үлэ ыыта сылдьаллар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Эбола вирустаах ыарыыта, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.