«Ырх Битиг» («Таҥха кинигэтэ», Ïrq bitig, нуучч.
-- Книга гаданий) — быһа холоон IХ үйэҕэ суруллубут былыргы түүрдэр пааматынньыктара. Уйгур каганатын саҕанааҕы кэмҥэ былыргы түүр бичигинэн суруллубут, 13,75х8,75 см кээмэйэдээх, 104 сирэйдээх дьоҕус кинигэ.
"Таҥха кинигэтин" А.Стейн диэн археолог 1907 сыллаахха Кытай Ганьсу провинциятын Дуньхуан оазиһыттан быһа холоон сүүрбэччэ биэрэстэлээх сиргэ турар "1000 будда хайатын хаспаҕа" диэн храм үлэһиттэн атын кинигэлэри кытта холбуу ылбыт. Бу кинигэни аан бастаан Вильгельм Томсен диэн Дания тюрколога чинчийэн, дьон билиитигэр таһаарбыт. "Ырх Битиг" билигин Лондоҥҥа Британия түмэлигэр хараллан сытар.
И.В. Стеблева кинигэ тиэкиһин хоһоон форматыгар киллэрбитэ. 2005 сыллаахха "Таҥха кинигэтэ" нууччалыы тылбаастанан тахсыбыта. Тылбаасчыт - А. В. Преловскай.
Кинигэ "аччыгый динтардарга" уонна "бурвагурдарга" -- манихей общинатын сулууспалаахтарыгар -- ону таһынан уопсастыба көннөрү чилиэннэригэр анаммыт. 65 поэтическай кэрчиктэртэн турар. Ол кэрчиктэргэ олох-дьаһах араас быһыыта, кыыл-сүөл, быһыы-майгы ойууланар. Кэрчиктэр бары "ол -- үчүгэй" эбэтэр "ол -- куһаҕан" диэнинэн түмүктэнэллэр.
Ити кинигэнэн хайдах таҥхалыыллара быһаарыллыбатах. Сорох учуонайдар этэллэринэн, Ырх Битиг түүлү тойоннуур кинигэ буолуон сөп.
Анатолий Преловскай нууччалыы тылбааһыттан
- 8. Мин -- көмүс бастаан моҕойбун,
- көмүс эппин-сииммин
- батаһынан хайа тартылар,
- сыылыахпын наада хорооммуттан
- барыахпын наада дьиэбиттэн...
- Бил: ол -- олус куһаҕаҥҥа.
10. Мин -- хорсун баабырбын, турабын хомус быыһыгар дьааһыйа, тыыллан.
- Төбөм арыый көстөр, оттон этим-сииним
- ойоору тыҥаан, күүрэн турар.
Бил: ол -- үчүгэй.
22. Күөлгэ сиэркилэтин- түһэрбит дьахтар
- Сарсыарда ытыыр
- Киэһэ -- маккыраччы...
Бил: ол -- куһаҕан
куһаҕан уонна хомолтолоох.
23. Эдэр уол тыаттанКэҕэ элэмэс кутуругун булбут --
Султаан курдук куорсуну
Бэргэһэтигэр анньыннын...
Ол -- олуч үчүгэй
Дьолго дииллэр.
Халыып:Нет полных библиографических описаний
Бу кинигэҕэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ырх Битиг, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.