Ходжалы сиэртибэлэрин күнэ («Ходжалы геноцидын уонна дойду үрдүнэн траур күнэ») — Азербайджан Өрөспүүбүлүкэтигэр олунньу 26 күнүгэр бэлиэтэнэр күн.
1992 сыл олунньу 25-26 күннэригэр Ходжалы куорат олохтоохторун эрмээн сэбилэниилээх формированиелара өлөртөөбүттэр. Азербайджан түмэнин силиэстийэтин түмүгэ этэринэн 485 киһи өлбүт.
1994 сыл кулун тутар 1 күнүгэр Азербайджан бэрэсидьиэнэ Гейдар Алиев бу күҥҥэ аналлаах ыйаах таһаарбыт. Азербайджан Милли Меджлиһин (Ил Түмэн) уурааҕынан олунньу 26 күнэ «Ходжалы геноцидын уонна дойду үрдүнэн траур күнэ» диэн биллэриллибит.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ходжалы сиэртибэлэрин күнэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.