Фре́ска (ит.
Сыбахха баар испиэскэ куурарыгар чараас дьэҥкир суба үөскэтэр, ол суба фресканы үйэлээх оҥорор.
Хаһан баар буолбута чопчу биллибэт эрээри, Эгей култууратын кэмигэр киэҥник тарҕаммыта (б. э. инн. 2-с тыһ. с.). Үйэлээх буолан Антик эйгэҕэ киэҥник туттуллубута. Кэлин христиааннар таас храамнарын ис бараанын (сороҕор тас өттүн кытта) киэргэтэргэ туһаммыттара.
Европаҕа Барҕарыы кэмигэр эркиҥҥэ уруһуйдааһын худуоһунньук таһымын сүрүн кээмэйэ буолбута. Ол саҕана Италияҕа фреска ньыматынан уруһуйдааһын чыпчаал сайдыыта бэлиэтэнэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Фреска, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.