Телевидение эбэтэр телевизор диэн салгын нөҥүө тарҕатыллар сигналы видео уонна истэр аудио көрдөрөр массыынаҕа таһаарыы.
Урукку гириэк tele (ыраах) уонна ааҥыл vision (көрүү) диэн тыллартан тутуллан турар.
Сороҕор дьааһык курдук оҥоһуллар. Урут тахса сылдьыбыт моделлар мас рамалаах этэ, уонна муостаҕа атахтаах туруоруллар этэ. Билигин тахсар аппарааттар быдан чэпчэки уонна чараас буолаллар. Араас сигнал хартыынатын көрдөрүөҕүн сөп. Бастаан антенна нөҥүө кэлэр сигналы көрдөрөр этэ, онтон кэнники сылларга араас видео, дивиди, камера, спутниковай телевидение уонна да араас тэриллэри холбуохха сөп. Оонньуур консоллары эмиэ холбуохха сөп. Сорох компьютердары эмиэ холбоон, монитор курдук туттуохха сөп.
Бары телевизордар экрааннаахтар, онно хартыыната көстөр. 1970 сыллардаахха дылы тэлбэбиисэр барыта хара-маҥан ойууну көрдөрөр этэ, онтон билигин бары өҥнөөх ойууну көрдөрөллөр. Экрана эмиэ уларыйбыта — урут квадратнай этэ, онтон билигин кинтеатрга дылы форматын кэҥэппитэ.
Телевизор тутуута эмиэ уларыйбыта — урут ЭЛТ (электронно-лучевой трубка, ааҥл. cathode-ray tube эбэтэр CRT) этэ, онтон билигин ЖЭК (жидко электрическай кристалл, ааҥл. liquid crystal display эбэтэр LCD) уонна плазма (ааҥл. plasma) телевизордар тахсаллар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Телевидение, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.