Халыып:Саҥа дьылга дылы
Саҥа дьыл — Араас норуоттар халандаардарын эргийбитин (сыл бүппүтүн кэннэ саҥа эргииргэ барарыгар бырааһынньык).
Тохсунньу 1 күнүгэр бастаан рим императора Юлиус Цезарь олохтообут.
Сир үрдүнэн Григориан халандаарын дойдулар үксүлэрэ Тохсунньу бастакы күнүгэ бырааһынньыктанар. Бастаан Чуумпу океан Карибати арыылартан саҕалаан сири эргийэн баран Чуумпу океаҥҥа баар Мидуэй арыыларга кэнникинэн бырааһынньыктыыллар.
Рош Ха-Шана (ивр. ראש השנה) диэн Пасха ааспытын кэннэ 163 күн буолан баран бырааһынньыктанар (Балаҕан ыйын 5 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр дылы буолуохтаах).
Кытай саҥа дьылы кыһыҥҥы саҥа ый тахсыытыгар бэлиэтэнэр, григориан халандаарыгар тохсунньу 21 күнүттэн олунньу 21 күнүгэр дылы буолуон сөп. Дойду хоту өттүгэр дьиэни персик лабаатынан, мандарин маһынан киэргэтэллэр, онтон дойду соҕуруу өттүгэр абрикос маһын. Киэһэтинэн дракон үҥкүүтүн ыыталлар, олус кыраһыабай хаамсыыта киэһэ уонна түүн ааһар.
Саҥа дьылга хайаан да Саҥа Дьыллааҕы Харыйа туруораллар уонна үгэс быһыытынан элбэх фейерверк ыталлар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Саҥа Дьыл, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.