Саха былыргы ырыата — саха омук тылынан уус-уран айымньытын көрүҥэ (жанра).
Былыргы саха куруук ыллыы сылдьарын туһунан омук чинчийээччилэрэ бэлиэтээн сурукка киллэрбиттэрэ хаалбыт. Вацлав Серошевскай, холобур маннык суруйбута: "Сахалар ырыаны таптыыллар. Айанньыт саха суолларынан иһэн уонна элбэх киһилээх-сүөһүлээх сиргэ куруук ырыаны истэр. Сороҕор дьаам сүүрдээччи ыллаан киирэн барыа, сороҕор аара баран иһэр айанньыт ыллаан ааһыа, сороҕор — суол кырыытыгар мас мастыы сылдьар киһи, сороҕор — хаппыт мас сыыһа хомуйа сылдьар кыыс". Былыргы саха туох баар санаатын, үөрүүтүн, хомойуутун ырыа гынан ыллыыр, тойук оҥорон туойар. Онон ырыа кини олорбут олоҕун, билиитин-көрүүтүн, итэҕэлин, бөлүһүөпүйэтин, устуоруйатын бүтүннүүтүн көрдөрөр
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Саха былыргы ырыата, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.