Садын оройуона.
1931 - 1947 сыллардааха үөскүү сылдьыбыт оройуон. Саха сирин арҕаа уһугар баара. Киинэ Туой Хайа.
Иэнэ 181 тыһыынча км², нэһилиэнньэтин ахсаана 1167 киһи. Үс нэһилиэктээх этэ.
Оройуон 250 хаһаайыстыбаларыгар барыта 829 төбө сүөһү, 450 сылгы, 984 таба. Ону таһынан 196 га бааһына уонна 4822 мэччирэҥ сирдээх этэ.
1947 сыллаахха ликвидацияламмытын кэннэ Садын уонна Чуона нэһилиэктэр Сунтаар оройуонугар тиксибиттэрэ, онтон Ботуобуйа нэһилиэгэ Ленскэй оройуонугар.
Билигин бу нэһилиэктэр Мирнэй улууһугар киирэллэр.
Оройуон киинэ Туой Хайа сэлиэнньэ билигин Бүлүүтээҕи ууну хаайар сир түгэҕэр турар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Садын оройуона, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.