Орто Сибиир хаптал хайалаах сирэ.
Хотугу Азияҕа Саха сирин арҕааҥҥы өртүн бүттүүн ылар хаптал хайалаах сир.
Арҕаа өртүгэр Енисей өрүскэ тиийэр, соҕуруу Илиҥҥи Сайаан хайаларыгар, Байкаал хайаларыгар тиийэр, илин диэкки Өлүөнэ хочотугар тиийэр.
Геология өртүнэн кембрий иннинээҕи Сибиир платформата буолар. Элбэх сиринэн базальт, диабаз быһа охсуулара күн сирэйигэр тахсаллар.
Муора таһымыттан 400 - 500 м. Ордук үрдүк сирдэрэ 1701 м тиийэллэр (Путораан хайалара).
Ирбэт тоҥ киэҥник тэнийбит сирэ. Өрүстэр дьириҥ хочолоохтор, түргэн сүүрүктээхтэр, таас харгылаахтар.
Үүнээйи сүрүннээн тиит мастаах ойуур. Хоту өртө туундара.
Хостонор баайтан алмаз, көмүс, туус, слюда, айылҕа гааһа.
Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Орто Сибиир хаптал хайалаах сирэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.