Ниуэ — Чуумпу далай соҕуруу өттүгэр сытар арыы дойду, Саҥа Зеландияттан хотугулуу-илин 2400 килэмиэтирдээх сиргэ баар.
Сирин иэнэ 261 кв. км. 2017 с. ааҕыныы түмүгүнэн 1784 киһи олорор. Олохтоохторун 11 бырыһыана ааҥыллыы эрэ, 46% ниуэ эрэ тылынан саҥараллар, 30% — икки тылынан.
Ниуэ арыы норуота 1974 сыллаахха куоластаан, дойдуларын бэйэтин дьаһанар сир оҥорбуттар, алтынньы 19 күнүгэр дойду конституцията ылыныллыбыт. Бу кырачаан дойду Саҥа Зеландияҕа киирэр, онон баһылыгынан Британия королевата ааҕыллар, Саҥа Зеландия кини аатыттан аан дойдуга дипломааттыы сыһыаны олохтуур. Ол эрээри, Ниуэ иһигэр туспа сокуоннаахтар, хас үс сыл буола буола 16 муниципалитет дойду түмэнигэр бэрэстэбиитэллэрин талаллар, ХНТ-га чилиэн быһыытынан толору киирбэтэр да, дойду бэрэстэбиитэллэрэ ХНТ сорох тэрилтэлэригэр киирэллэр уонна мунньахтарыгар ыҥыраллаллар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ниуэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.