Муора таһымыттан үрдүгэ, үс кээмэйдээх куйаар координататын биир кээмэйэ (атын икки — кэтирээһин уонна усталааһын).
Ханнык эмит точка нуултан (ол аата муора таһымыттан) төһө үрдүк баарын көрдөрөр.
Төһөннөн бу кээмэй улаатар да (муора таһымыттан үөһэ таҕыстах аайы) салгын баттааһына намтаан иһэр.
Сиргэ ордук үрдүк чыпчаалынан буолар Гималай хайаларыгар баар Эверест хайа, кини үрдүгэ муора таһымыттан 8844,43 миэтэрэ. Саха сиригэр ордук үрдүк чыпчаалынан буолар Улахан Чыыстай сискэ баар Победа хайа (3002 миэтэрэ).
Аан дойдуга ордук намыһах кураанах сиринэн Өлбүт байҕал кытыла буолар, кини муора таһымыттан 417,5 миэтэрэ аллараа сытар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Муора таһымыттан үрдүгэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.