Лонг-Бич (ааҥл. Long Beach) — АХШ Калифорния штаатыгар баар куорат.
Лос-Анджелес уокурук соҕуруу өттүгэр, Чуумпу далай кытылыгар, Лос-Анжелес дьыала-куолу кииниттэн 30 км сиргэ.сытар. Соҕуруу өттүнэн Лонг-Бич Ориндж кытта быысаһар.
АХШ-ка Лонг-Бич 38-с миэстэни ылар, Калифорнияҕа 6-с уонна Лос-Анджелес уокуругар 2-с. 2009 сыллааҕы биэрэпис этэринэн олохтоохторун ахсаана 492 682 киһи. Сигнал-Хилл диэн куорат Лонг-Бич иһигэр сытар.
АХШ Чуумпу далайыгар саамай улахан порт (грузооборота сылга 40 мөл т). Байҕаллааҕы байыаннай бааза баар. Авиа- уонна хараабыл тутар киин. Ньиэби таҥастыыр уонна ас бырамыысыланнаһа бааллар. Калифорния университетын салаата үлэлиир (1949). Куорат кэллиэһэ (1927). Далайы чинчийэр киин. Килиимэтинэн эмтиир курорт.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Лонг Бич, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.