Жан Нувель (фр. Jean Nouvel) — Бранли музейын бырайыактаабыт архитектор.
1945 сыллаахха Франция соҕуруу өттугэр Фюмель диэн кыра куоракка төрөөбүт. Эколь де Боз-Ар диэн оскуолаҕа Парижка үөрэммит.
1972 с. архитектор быһыытынан үлэтин саҕалаабыт. 1991 с. Франция архитектураҕа институутун (IFA) вице-президенэ буолбут, 1993 сылтан — Америка Архитектордарын Институутун (AIA) бочуоттаах чилиэнэ.
«Atelier Jean Nouvel» диэн ааттаах бюрота аан дойдуга барытыгар үлэлиир. Нувель үлэлэрин иһигэр — музейдар, конференц-кииннэр, концертыыр зааллар, офиснай комплекстар уонна олорор дьиэлэр бааллар.
Бүтэһик сылларга бырайыактаабыт үлэлэриттэн биллэллэрэ — Картье Фондатын штаб-квартирата, парижка баар Арааптар дойдуларын институута, Лионнааҕы Опера театра, Люцернаҕа тутуллубут концертыыр заал.
Притцкер бириэмийэтин лауреата.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Жан Нувель, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.