Дунаай (рум. Dunăre, мадь.
Duna, ниэм. Donau, хорв. Dunav, сиэрб. Дунав, Dunav, словак. Dunaj, болг. Дунав, укр. Дунай, лат. Danubius, Danuvius, был.-гириэк. Ίστρος) — Европа бөдөҥ өрүстэриттэн биирдэстэрэ, уһунунан Волгаттан иккис миэстэҕэ турар. Элбэх омук олорор сиринэн устар.
Германияҕа Шварцвальд хайаларыттан Донауэшинген таһыгар муора таһымыттан 678 м үрдүктээх сиргэ икки үрүйэ холбоһор сирдэригэр саҕаланар: Брег (уһуна 48 км) уонна Бригах (уһуна 43 км). Олохтоох заамокка Дунаай мантан саҕаланар диэн суруктаах үрүччэни көрдөрөллөр.
Иммендинген таһыгар, саҕаламмыт сириттэн отучча килэмиэтирдээх сиргэ Дунаай сир анныгар сүтэр, уутун улахан аҥаара испиэскэ боруодалар быыстарынан сүүрүгүрдэр.
Онтон 12 км соҕуруу Германия саамай бөдөҥ дьүүктэтэ сир анныттан тахсар. Ол дьүүктэ сөкүүндэҕэ 25 тонна ууну таһаарар эбит. Бу дьүүктэттэн А-ах диэн Боден күөлүгэр түһэр өрүс саҕаланар (бу күөлтэн Рейн өрүс тахсар).
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Дунаай, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.