Гуйчжоу (кыт.
贵州, пиньинь Gùizhōu) — Кытай соҕуруу өттүгэр сытар провинция. Киин уонна самай улахан куората — Гуйян. Олохтоохторун ахсаана — 39,04 мөл киһи (провинциялартан 15-с миэстэ; 2004 с. туругунан).
Гуйчжоу 9 уокурукка (2 уокурук, 4 куорат уокуруга уонна 3 автономиялаах уокурук) арахсар.
Иэнэ — 176 100 км² (16-с миэстэ). Хоту Сычуань провинцияны уонна Чунцин куораты кытта, арҕаа — Юньнань провинциялыын, соҕуруу — Гуанси-Чжуань автономиялаах оройуонун кытта, илин — Хунань провинциялыын быысаһар. Сирин ньуура сүнньүнэн хайалаах, ол гынан баран илин уонна соҕуруу өттө хапталлардаах. Байҕал таһымыттан орто үрдүгэ 1000 м. Клиимата сииктээх субтропическэй. Сыллааҕы орто температурата — 14-16°, тохсунньуга — 1-10°, от ыйыгар — 17-28°.
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Гуйчжоу, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.