Быстар дьадайыыны утар охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ — сыл аайы алтынньы 17 күнүгэр быстар дьадайыыга дьон болҕомтотун тардаары аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр күн.
1987 сыл алтынньы 17 күнүгэр Парижка (Франция) Трокадеро болуоссатыгар 100 000 кэриҥэ киһи мустан аһара дьадайыы Киһи быраабын декларациятын кэһэрин туһунан туһаайыыны бырабыыталыстыбаларга ылынар туһунан быһаарбыттара. Онно киһи быраабын көмүскүүргэ уонна быстар дьадайыыны суох гынарга күүстээх үлэ барыахтааҕын модьуйбуттара. Бу мустуу туһунан мэҥэ таас Трокадеро болуоссатыгар бэйэтигэр уонна атын 50-тан тахса сиргэ баар.
Тааска "Төрдүс эйгэ" (фр. Quart monde) хамсааһын төрүттээччитэ Жозеф Вресински (Joseph Wresinski) тыллара суруллубут:
Эр дьон уонна дьахталлар быстар дьадаҥытык олорор сирдэригэр киһи бырааба кэһиллэр. Бу быраабы хааччыйарга түмсүү — биһиги ытык иэспит.
1992 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр ХНТ Сүрүн ассамблеята бу күнү сылын ахсын бэлиэтиир туһунан A/RES/47/196 нүөмэрдээх быһаарыы (резолюция) ылбыта. ХНТ дойдулар баһылыктарыгар уонна бырабыыталыстыбаларыгар туһаайыытыгар быстар дьадайыыны суох гынарга бэйэлэрин дойдуларын уратытын учуоттуулларыгар ыҥырбыта. Бу туһаайыыга атын тэрилтэлэргэ уонна көннөрү дьоҥҥо эмиэ дьадайыыны утары охсуһарга көмөлөһөллөрүн туһунан ыҥырыы баар.
Аан дойду үрдүнэн эгэлгэтик бэлиэтииллэр: дьадаҥыларга анаан аһымал аахсыйалары ыыталлар, харчы хомуйаары аукционнары тэрийэллэр, кэнсиэрдэри туруораллар. Сорох сиргэ дьадайыы дэгиэ тыҥыраҕыттан мүлчү көппүт дьон тугу гынан туруктарын тупсарбыттарын туһунан дьоҥҥо аһаҕастык кэпсииллэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Быстар дьадайыыны утар охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.