Брижит Бардо

Брижи́т Анн-Мари́ Бардо́ (фр. Brigitte Anne-Marie Bardot, балаҕан ыйын 28 күнүгэр 1934 сыллаахха төрөөбүт) — француз киинэтин артыыската уонна фотомодель, кыыллар бырааптарын көмүскүүр хамсааһын кыттааччыта.

1950-с сылларга Европаҕа секс-символ быһыытынан биллэрэ (Америкаҕа Мэрилин Монро курдук).

Брижит Бардо
Брижит Бардо (2005)

Биографията

Брижитт Бардо балаҕан ыйын 28 күнүгэр 1934 с. Париж куоракка Луи Бардо диэн бизнесмен дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн балетынан дьарыктанара. 1950 с. "Эль" сурунаал ("ELLE") № 232 обложкатыгар тахсыбыта, ону Марк Аллегре режиссер көрөн кинопробаҕа ыҥырбыт. 1952 с. аан бастаан киинэҕэ уһуллар (Le Trou Normand). Ол сыл эдэр режиссер уонна суруналыыс Роже Вадимҥа кэргэн тахсар. Роже Вадим кинини бэйэтин киинэтигэр устар «[[И Бог создал женщину (киинэ, 1956)|И Бог создал женщину]]» (1956). Ол саҕанааҕы уопсастыба киинэ 18 саастаах аһаҕас таҥастаах, сүөргү быһыылаах Жюльет диэн героинятыттан шок ылар.

1960-с сылларга Бардо бэйэтигэр барсар оруоллары оонньуур инженю уонна женщина-вамп амплуаларыгар, ол гынан баран аата-суола улам сөҕүрүйэр. 1966 с. Голливудка киинэҕэ уһуллар («Милая Брижит»). Түөрт уон сааһын туолар сылыгар Бардо киинэҕэ уһуллан бүппүтүн туһунан биллэрэр уонна кыыллар бырааптарын иһин охсуһууну бэйэтин олоҕун сыалынан талар.

Олоҕо

1957с. Вадимтан арахсан баран, Бардо икки сыл "И Бог создал женщину" киинэҕэ бииргэ уһуллубут киһитин кытта Жан-Луи Трентиньянныын олорор.
1959 с. Жак Шарье диэн артыыска кэргэн тахсар, киниттэн 1960 с. Николя диэн уолу төрөтөр. Арахсыбыттарын кэннэ оҕо Шарье дьиэ кэргэнигэр ииттэрэ бэриллибит.
француз музыканнарын Саша Дистели, Боб Загури уонна Серж Гейнсбурдуун көрсүүлэспит (кинилиин хас да хит буолбут ырыалары суруттарбыт, холобур «Я тебя люблю… я тоже нет» (Je t’aime… moi non plus), кэлин бу ырыаны Гейнсбур Джейн Биркин диэн ырааһыты кытта толорбута).
Сак Гюнтер диэн ниэмэс миллионерыгар кэргэн тахса сылдьыбыта (1966-1969).
1992 с. Бардо Бернар д'Ормалга кэргэн тахсыбыт. Билигин да бииргэ олороллор.

Киһини умсугутар чахчылартан

  • Брижит Бардоны эдэр Джон Леннон кыраһыабай дьахтар идеалынан ааҕар эбит. Биэһуонус сыллар символларын быһыытынан хас да ырыаларга ахтыллар, холобур Боб Дилан уонна Элтон Джон хиттарыгар.
  • Бардо бикини купальнигы муодаҕа киллэрбит киһиннэн ааҕыллар (Кааннааҕы кинофестивальга оннук таҥастаах сылдьыбыт).
  • 1990-с сыллартан Брижит Бардо наһаа консервативнай позициятынан уонна иммиграан мусульмааннар, гомосексуалистар тустарынан куһаҕаннык ахтыбытынан биллэр.
  • Вегетарианка.

Артыыс быһыытынан үлэлэрэ

  • 1952 — Манина, девушка без покрывала / Manina, la fille sans voile
  • 1952 — Большие зубы / Les dents longues
  • 1952 — Нормандская дыра / Le trou normand
  • 1953 — Портрет его отца / Le portrait de son père
  • 1953 — Акт любви / Un acte d'amour
  • 1954 — Ночь любви / Tradita
  • 1954 — Любовь в Версале / Si Versailles m'était conté
  • 1955 — Уличный свет / La lumière d'en face
  • 1955 — Будущие звёзды / Futures vedettes
  • 1955 — Сыновья Каролин / Le fils de Caroline chérie
  • 1955 — Доктор на море / Doctor at Sea
  • 1955 — Большие манёвры / Les grandes manoeuvres
  • 1956 — Прекрасная невеста / La mariée est trop belle
  • 1956 — Елена Троянская / Helen of Troy
  • 1956 — Грязная девчонка / Cette sacrée gamine
  • 1956 — Мой дорогой Неро / Mio figlio Nerone
  • 1956 — Мадемуазель Стриптиз / En effeuillant la marguerite
  • 1956 — …И Бог создал женщину / Et Dieu... créa la femme
  • 1957 — Парижанка / Une parisienne
  • 1958 — Небо рухнуло ночью (Ювелиры Лунного Света)/ Les bijoutiers du clair de lune
  • 1958 — В случае несчастья / En cas de malheur
  • 1959 — Женщина-дьявол / La femme et le pantin
  • 1959 — Бабетта идёт на войну / Babette s'en va-t-en guerre
  • 1959 — Потанцуете со мной? / Voulez-vous danser avec moi?
  • 1960 — Ночной роман / L' affaire d'une nuit
  • 1960 — Истина / La vérité
  • 1961 — Пожалуйста, не сейчас / La bride sur le cou
  • 1961 — Знаменитые любовные истории / Amours célèbres
  • 1962 — Частная жизнь / Vie privée
  • 1962 — Отдых воительницы / Le repos du guerrier
  • 1963 — Презрение / Le mépris
  • 1964 — Очаровательная идиотка / Une ravissante idiote
  • 1965 — Вива, Мария! / Viva Maria!
  • 1966Marie Soleil
  • 1966 — Мужское-женское / Masculin féminin: 15 faits précis
  • 1967 — Две недели в сентябре / À coeur joie
  • 1968 — Три шага в бреду / Tre passi nel delirio
  • 1968 — Шалако / Shalako
  • 1969 — Медведь и кукла / L' ours et la poupée
  • 1969 — Женщины / Les femmes
  • 1970 — Послушницы / Les novices
  • 1971 — Бег вдоль бульвара / Boulevard du rhum
  • 1971 — Нефтедобытчицы / Les pétroleuses
  • 1973 — Дон Жуан-73 / Don Juan ou Si Don Juan était une femme...
  • 1973 — История про Колино-юбочника / L' histoire très bonne et très joyeuse de Colinot Trousse-Chemise

Источниктар

  1. Бардо, Брижит (1996)Инициалы Б. Б., Издательство "Вагриус", Москва ISBN 5-7027-0889-X
  2. Робинсон, Джеффри (1994) Бардо - Две Жизни, Издательство "Русич", Смоленск ISBN 5-88590-749-8

Ыйынньыктар

    Интервью

Tags:

Брижит Бардо БиографиятаБрижит Бардо ОлоҕоБрижит Бардо Киһини умсугутар чахчылартанБрижит Бардо Артыыс быһыытынан үлэлэрэБрижит Бардо ИсточниктарБрижит Бардо ЫйынньыктарБрижит Бардо1934Мэрилин МонроФранцияФранцуз тыла

🔥 Trending searches on Wiki Саха тыла (Saxa Tyla):

АраҥСаха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕаUTCПетр ТобуруокапАзербайдьанКууруссаВаранаси1988СуринамМуус устар 10Чиряев Константин СпиридоновичАржаков Степан МаксимовичТылбааha суох лиэксикэНоруоттар Доҕордоһууларын уордьанаДьиҥнээх чыыһылаларУкрайиинаАтырдьах ыйын 30ГольфстримДулгааннарЭлиэАраарыы түһүкContent Delivery NetworkПольшаӨлүөхүмэ улууһаСоҕуруу Георгия уонна Соҕуруу Сэндуич арыылараМария ПевчихЭтиопияАлтынньы 24Чукчалар1933Эмии2009Сэтинньи 30Аввакумов Петр ДенисовичКулун тутар 31Freedom FinancДалаанаИиндийэEssoХаландаар1519PHPТутулуга суох буолуу күнэКонтейнерКальмар оонньуулараИлиҥ Туркестан өрөгөйүн ырыатаUnihertzКуурд тыллараКулун тутарБаҕа санааБикипиэдьийэВалютаРомныКустарАтырдьах ыйын 22Вешников Гаврил Григорьевич - Баал ХабырыысТимир суол транспортаАхсынньы 17Холбоһуктаах Нациялар ТэрилтэлэрэНьургуһун сибэкки1925МобилКрылов Евграф МихайловичГринвуд СээмэтриКулун тутар 2Каратаев Игнатий Иванович1882Сьерра ЛеонеАнимацияSamsung Galaxy S22🡆 More