Көҥүл туһаныллар айымньылар — ханнык баҕарар сыалга-сорукка туһаныллар кыахтаах тиэкистэр, ойуулар, муусука, көмпүүтэр бырагырааммлара уо д.
а. үлэлэр, маллар, тээбириннэр. Бу айымньылары көҥүл-босхо копиялыахха, уларытыахха уонна тарҕатыахха сөп.
Бу айымньылар анал лицензиялаахтар. Ол лицензиялара «копилефт» эбэтэр «копилефт буолбатах» диҥҥэ арахсаллар. Холобур балар «копилефт» лицензия ахсааныгар киирэллэр: Design Science License (DSL) уонна GNU Free Documentation License (GFDL). Бикипиэдийэ тиэкистэригэр ити иккис ааттаммыт лицензия туһаныллар.
Оттон FreeBSD Documentation License — «копилефт буолбатах» лицензия холобура.
Көмпүүтэр бырагырааммларын лицензиялара үксүн атын айымньыларга эмиэ туттуллаллар.
Өссө биир «көҥүл туһаныллар» лицензия холобура — сорох «Creative Commons» лицензиялары туһанан айымньылары бэчээттээһин. Бу лицензиялар айымньыны атыы-эргиэн эйгэтигэр туһанары боппоттор.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Көҥүл туһаныллар айымньылар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.