Саха Бикипиэдьийэтин кыттыылаахтара ааптар быраабын тутуһуу эйгэтигэр манан салайтараллар:
Бу сирэй Бикипиэдьийэ сиэрин-туомун сорҕото. Манна этиллибити бары кыттааччылар толоруохтаахтар. Сирэй уларытыллар буоллаҕына консенсус ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Тугу эмэ саарбахтыыр буоллаххына ырытыы сирэйигэр суруй. |
Саха Бикипиэдьийэтэ бэйэтин ыстатыйаларыгар туһанар CC-BY-SA-3.0 уонна GFDL лиссиэнсийэлэрэ бу ыстатыйалары тарҕатыыны, уларытыыны уонна ханнык баҕарар соруктаах (ол иһигэр барыс ылаары) туһаныыны көҥүллүүллэр. Ол эрэн бу балаһыанньа лиссиэнсийэлэр эрэ үлэлиир түгэннэригэр уонна туһанааччылар Бикипиэдьийэҕэ сигэнэр буоллахтарына эрэ үлэлиир. Бикипиэдьийэҕэ уларытыллыбат салаалара суох, киирии уонна түмүк тыллар эмиэ суохтар.
Литэрэтиирэ уонна уус-уран айымньылары көмүскээһиҥҥэ Берннааҕы конвенция этэринэн, ааптар бырааба этиллибэтэҕин да иһин дьайар. Ол аата харабылланарын туһунан аналлаах бэлиэтэ да суох айымньылар ааптар быраабынан көмүскэнэр буолуохтарын сөп.
Тиэкис сахалыы Бикипиэдьийэҕэ бу усулуобуйалартан биирдэстэрин толорор эрэ буоллахха угуллуон сөп:
Ыстатыйа суруйарга чахчылары хантан баҕарар ылар уонна туһанар көҥүллэнэр.
Ыстатыйа соругар сөп түбэһэр уһуннаах быһа тардыыны ыстатыйаҕа угар көҥүллэнэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Ааптар бырааба, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.