Сылгы (лат. Equus caballus) эбэтэр ат диэн бүтэй туйахтаах кыыл, Аттар уустарыгар киирэр.
Үүтүнэн иитиллээччилэргэ киирэр. Сылгы билиҥҥи тас көрүҥүгэр, тиhэх 45–55 мөл сыл устата кыра саhыл саҕа кыылтан эволюциялаан кубулуйбута. Киhи сылгыны биһиги эрабыт иннининэ 4500–3000 сыллартан ииппитэ. Б.э. 2000 и. аты Эуразия континеҥҥа бүтүннүүтүгэр ииппиттэрэ. Билигин Пржевальскай ата эрэ хаҥыл хаалбыт.
Сылгы | ||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Билим классификацията | ||||||||||||||
| ||||||||||||||
Латыынныы аата | ||||||||||||||
Аан дойдуга биллэр аата ыйыллыбатах Вы можете помочь проекту, поставив latin=название внутри шаблона taxobox в тексте статьи |
Кулун — төрүөҕүттэн 6 ыйыгар диэри.
Убаһа (түөлбэ: дааҕыска) — күһүнтэн биир сааһын туолуор диэри.
Тый — биир сааһыттан икки сааһыгар диэри. Эскэл тый — эмньик, ийэтин эмэн улааппыт тый.
Тиҥэһэ — икки сааһыттан үһүгэр диэри. Атыыра — тицэһэ соногос, тыһыта — тинэһэ кытыт дэнэр.
Кытыылыыр — үс сааһыттан түөрдүгэр диэри (түөрдүгэр үктэммит). Атыыра — кытыылыыр соноҕос, тыһыта — кытыылыыр кытыт дэнэр.
Сылгыны түөрт сааһыттан биэһигэр диэри атыырын — түөртээх соноҕос, тыһытын — түөртээх кытыт дэнэр.
Соноҕос — биэс сааһыттан алтатыгар диэри, тыһыта — биэстээх кытыт дэнэр.
Сылгыны алта сааһыттан үөһэ арааран ааттаабакка аты — ат, биэни — биэ, атыыры — атыыр дэнэр.
14-15 сааһыттан кырдьагас ат, биэ, атыыр дэнэр.
Туҥуй биэ — маннайгытын төрүүр биэ. Баайтаһын биэ — оҕото суох уойбут биэ. Миҥэ ат — көлүүр ат.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ат, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.